Тэрийээччилэр: А.А. Сивцев аат. Сылаҥнааҕы сынньалаҥ киинэ
Сылаҥнааҕы модельнай библиотека
Кыттааччылар: Сылаҥ нэһилиэгин түөлбэлэрин олохтоохторо.
Балаһыанньата: Сахалыы таба суруйууга холонуу (Диктант), кытталлар хас биирдии түөлбэттэн 1 оскуола оҕото (8-11 кыл.) 1 ыччат, 1 улахан киһи.
«Тыл — норуот баайа» — өй билии, тургутук оонньууга ыҥырабыт.
1 түһүмэх — таабырын таайсыыта — Хамаанда (6 киһи — 2 оскуола оҕото, 2 ыччат, 2 улахан киһи ).
2 түһүмэх — «Мин олорор түөлбэм дьоһун ыаллара» — тыл этиитэ (5 мүн уһаабат) — кыттар 1 ыччат.
3 түһүмэх — Сахалыы остуол оонньууларыгар күөн күрэс.
4 түһүмэх — Хоһоон хонуутун ситэр — сорудах бэриллэр, ону толороҕут.
5 түһүмэх — Саха суруйааччыларын айымньыларынан викторина.
Түөлбэ олохтоохторун, бары кэлэн көхтөөх кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабыт!