Архивы за месяц Февраль, 2023
Олунньу 23 күнэ. Суон дурда, халыҥ хахха буолар, эркин курдук эрэнэр эр дьоммутун, Э5эрдэлиибит🌟
Олунньу 22 күнүгэр, А.А. Сивцев аат. сынньалан кииҥҥэ Россияҕа «Уһуйааччы уонна сүбэһит» ,Саха Республикатыгар Үлэ ,Чурапчы улууһугар Ытыктабыл ,Сылаҥ нэһилиэгэр Тыа хаһаайыстыбатын сылларын арыйар тэрээһин уонна Одьулуун нэһилиэгин э5эрдэ кэнсиэрэ буолан ааста.
Ссылканан киирэн көрүҥ
«Бииргэ үөрэммит доҕотторбор» Л. Ф. Никитина — Тапталаана тылл., Ф. П. Трофимов мел., толорор СР культуратын туйгуна олохтоох мелодист Федор Трофимов
ТӨРҮТ ТЫЛ ТҮҺҮЛГЭТЭ
Саха тыла ийэ тылбытын харыстыа5ын диэн «Төрүт тыл түһүлгэтэ»Олунньу 17 күнүгэр Нэһилиэккэ көхтөөхтүк тэриллэн ааста,5 киһилээх 5 хамаанда кэлэн кыттан хомоҕой хоһоон, уран тыл, норуот ырыатын тула күрэхтэстилэр.Тыл оонньуутун кыайа туттулар, оһуохайдаан түмүктээтилэр.Кыттыбыт түмсүүлэр
Норуот күүһэ — көмүөл күүһэ
Олунньу 15 күнүгэр Сылаҥнаа5ы сынньалаҥ кииҥҥэ » Норуот күүһэ — көмүөл күүһэ» аһымал кэнсиэр буолан ааста. Улахан Күөл кийиитэ, ыал амарах ийэтэ, эбээтэ Вера Егоровна Макарова Со5уруу Корея5а ыарахан ыарыыттан эмтэнэ Барарыгар Улахан- Күөл дьоно бары турунан акция тэрийдилэр.
Олунньу 13 күнэ — сурук бичик күнэ
Сахалыы тылынан хомуһун хоһоону дорҕуччу ааҕан тарҕата туруоҕуҥ!