Кырачаан күннэрбит, көмүс чыычаахтарбыт, инники кэскиллэрбит, оҕолорбут үөрэ — көтө оонньуулларыгар, эт — хаан өттүнэн сайдыылаах, чэгиэн — чэбдик, доруобай буоллуннар диэн площадка оҥоһуллунна. Площадканы үбүлээтэ олохтоох дьаһалта (баһылык Сивцев Е.А.), тутуутун ИП Ноговицын Е.С.
«Олох сибэккилэрэ оҕолорбут, кырачаан доҕотторбут үөрэ — көтө мустаарын, күлэ — үөрэ оонньоорун» — диэн баҕа санаабытын этэбит. Ким бары мичээрдээн, ким бары ыллаан — туойан, дьол — үөрүү биһиэхэ тосхойдун!







